Movatterモバイル変換


[0]ホーム

URL:


Иһинээҕитигэр көс
Бикипиэдьийэ
Көрдөөһүн

Атом

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Гелий атома

А́том (был.-гириэк.ἄτομος — бытарыйбат) диэнсэк өлүүскэтэ,химия ньымаларынан кыайан бытарыйбатхимия элеменын саҥнарын илдьэ сылдьар кини саамай кыра сорҕото[1]. Атомүөскэхтэн уонна кинини тулалыырэлектрон былыттан турар. Атом үөскэҕэпротонтан уоннанейтронтан турар. Үөскэххэ биир эбэтэр бииртэн элбэх протон, хас да ахсааннаах нейтрон баар буолар.Уулук эрэ нейтроннара суох буолар.Кытаанах,убаҕас,гаас,плазма туруктаах бары сэктэр нейтрал эбэтэр ионнаммыт атомнардаахтар. Атом кээмэйэ 100пикометр кэриэтэ буолар. Атоммаассатыттан үөскэҕэ 99.94% тахса буолар. Протоннар эбилчаҕыл иитиктээхтэр,электроннар мэлдьэх чаҕыл иитиктээхтэр, нейтроннар чаҕыл иитигэ суохтар. Протон уонна электрон ахсаана тэҥ буоллаҕына атом чаҕылынан нейтрал буолар. Атом электрона протонтан аҕыйах буоллаҕына кини эбил эбэтэр мэлдьэх иитиктээх буолар, маннык атомнарион дэнэллэр. Атом электроннара үөскэххэ баар протоннаргаэлектромагнетизм күүһүнэн тардыллаллар. Үөскэххэ баар протоннар уонна нейтроннар бэйэ бэйэлэригэрүөскэх күүһүнэн тардыллаллар. Үөскэх күүһэ үксүгэр электромагнетизм күүһүнээҕэр улахан буолар. Электромагнетизм күүһэ эбил иитиктээх протоннары бэйэ бэйэлэриттэн тэйтэрэр. Ардыгар бу тэйтэрэр күүс үөскэх күүһүнээҕэр улаатыан сөп. Маннык түгэҥҥэ үөскэхүллэстэн араас ууһуктары (элеменнары)ордорор. Буүөскэх хайдыытын биир кэлимэ буолар. Үөскэх хас протоннааҕаатом нүөмэрэ дэнэр, кини атом ханнык химия элемена буоларын быһаарар. Холобур, 29 протоннаах атомалтан буолар. Нейтрон ахсаана ууһукизотопун быһаарар. Холобур, 34 нейтроннаах алтан атома "алтан-63" (29+34), онтон 36 нейтроннаах "алтан-65" диэн ааттаналлар. Атомнар бэйэ бэйэлэригэрхимия ситиминэн сыстыһаннархимия холбоһуга буолуохтарын сөп. Химия холбоһуктарын холобурдарамолекула уоннакристалл. Айылҕаҕа баар үгүс физика уларыйыылара атомнар сыстар-хоҥнор майгыларыттан тутулуктаахтар. Бу уларыйыылары химия билимэ чинчийэр.

Быһаарыылар

[уларыт |биики-тиэкиһи уларытыы]
  1. Большая советская энциклопедия
Төрдө — «https://sah.wikipedia.org/w/index.php?title=Атом&oldid=393119»
Категориялар:

[8]ページ先頭

©2009-2025 Movatter.jp